Сиэркилэ курдары көстөр курдуккун
Күнүм ахтарым оччо ду күлүм гынна дьүһүҥҥүн
Эчи кэрэтиэн таптыырым дьыала сэбэтиэй
Миигиттэн ордук уонна эйиэхэ ким кэлэн этиэй
Билиниий тапталга харах-харахха көрөн
Тобук туран ытамньыйан кырдьыгы көрдөрөн
өр да өр кэтэспит сүрэх билинэр кэмим
Эйигин көрсөн кууһан-сыллаан ити мин эмим
Эмтэниэм эйиигиттэн сырдыкка тарда сырыт
өрүү буоллун эн үрдүгэр сылаас күннээх былыт
Самыыр түһэн сөрүүккээн оонньостун биһиэхэ
Эйигинниин буолар кэмим сотору кэлиэҕэ
Дьол диэн кыра да эбит биллим ону саҥа
Эйигин аҕыннахпына буолабын кыра оҕо
Кистиибин онтукпун чыычаах миигин умнума
Тапталым күүстээх хаһан да эн ону умнума
Хос ырыа:
Эйигин кытары мин барытын сатыам
Ыарахан кэмнэргэр аттыгар олоруом
Эн тугу ба?арагын барытын толоруом
Олохпут охсууларын тэннэ тулуйуом
2.Сэгэриэм эн тыыҥҥын э5эрийэн сэниэ ылабын мин
Минньигэс уоскуттан уоскутунабын кырдьык этэбин
Сайыны санатар сылаас минньигэс сытын
Тылбынан этэрбинээ5эр мин санаабар отой атын
Хайдах кэпсээн таһааран бу ырыабар түмэбин
Күн аайы эйигин сүтэрбэт туһугар эрэ мин үҥэбин
Таҥараҕа итэҕэйэр айылҕа оҕотобун
үүнэр күммүн барытын үөһэ айыыттан ыйытабын
Мин санаам отой боростуой буолуохпут иккиэн
Таптыыбын эйигин уу-сахалыы өрө көрөн туран кэпсиэм
Таҥнарыам хомотуом ханна да барыам суоҕа
Онно баҕас баар уолга өссө күүһэ-уоҕа
Көрдүннэр тула дьоннор уонна хайҕаатыннар
Биһи тапталбыт кырдьыктыы ону көрөн махтанныннар
Сайыны санатар сылаас минньигэс сытын
Тылбынан этэрбинээҕэр мин санаабар отой атын