1. Итии күнтэн, сааскы салгынтан
Ньургуhун үүммүтэ үчүгэйиэн
Тырым көрүүттэн, күндү күлүүттэн
Тыллыбыт таптал кэрэтиэн
Сааскы халлаан чаҕылын курдук
Күлүгэ суох буоллун эн биhи олохпут
Х/ы Оо ууруур уостарыҥ суостарын иhин
Доҕорум ыллаата эйиэхэ сүрэҕим
Оо имэрийэр илииҥ итиитин иhин
Эйиэхэ ананна бу мин күүстээх иэйиим
2. Көмүhүнэн лыҥкынаан күөх халлаантан
Кыталык кутуллар тойугун кэриэтэ
Олохпун, дууhабын сырдата сылытан
Тилиннэ сүрэхпэр ырыа кэрэтэ
Тоҥ хаары уулларбыт ньургуhун курдук
Уохтаах буоллун эн биhи тапталбыт
3. Сааскы халлаан чаҕылын курдук
Уохтаах буоллун эн биhи тапталбыт
1. Itii kүnten, saasky salgyntan
Nurguhun үүmmүte үchүgeyien
Tyrym kөrүүtten, kүndү kүlүүtten
Tyllybyt taptal keretien
Saasky hallaan chaҕylyn kurduk
Kүlүge suoh buollun en bihi olohput
X / s Oo uuruur uostaryҥ suostaryn ihin
Doҕorum yllaata eyiehe sүreҕim
Oo imeriyer iliiҥ itiitin ihin
Eyiehe Annan bu min kүүsteeh ieyiim
2. Kөmүhүnen lyҥkynaan kүөh hallaantan
Kytalyk kutullar toyugun keriete
Olohpun, duuhabyn syrdata sylytan
Tilinne sүrehper yrya kerete
Toҥ Haar uullarbyt nurguhun kurduk
Uohtaah buollun en bihi taptalbyt
3. Saasky hallaan chaҕylyn kurduk
Uohtaah buollun en bihi taptalbyt