Оло5ум тухары аналбын кордооммун
Бу сиргэ сылдьар
Эйиигин буламмын
Со5отох тапталым
Дьоллонор тугэммин куутэрим
Этиэхтээх тылларым
Ойбуттэн суураллан
Ырыа буолан котон кэллилэр
Корсон туран сатаан эппэтэхпин
Эн сэрэйбэтэххин
Эйиигин эрэ кэтэспиппин
Хос ырыата:
Сырдык тапталбын
Булан ыламмын
Корон тураммын
Эйиэхэ ыллыыбын
Биргэ сылдьыахха
Дьоллоох буолуохха оруу
Иккиэн тустуоххэ
Эйэлээх оло5у
Мин дьыл5ам бэлэ5э
Маарыын сибэккитэ
Эн эрэ буолбуккун
Эйэ5эс мичээргин
Кэтэспит тугэммин
Ырыабар хомуйан ыллаатым
Эйиигин кытары
Мин дьоллох эбиппин
Кэмэ5эс кэмнэрбэр эрэлбин
Со5отох эйиигин мин корорбун
Санаабын тумэрбин
Эйиэхэ эрэ эрэнэрбин
Хос ырыата:
Дьиннээх тапталбын
Булан ыламмын
Корон тураммын
Эйиэхэ ыллыыбын
Бииргэ сылдьыахха
Дьоллоох буолуохха оруу
Иккиэн тустуоххэ
Эйэлээх оло5у
Бииргэ сылдьыахха
Дьоллоох буолуохха
Иккиэн тустуоххэ
Эйэлээх оло5у